Please help to translate "Entre les Trous de la Memoire"
A
A
Entre les Trous de la Memoire
Баҕам миэнэ көҕүрэн
Шаарга тахсан ыраатта
Далай миэхэ мууһуран
Мэһэй буолан турунна
Ол эрэн тугум эрэ
Баҕам чугаһын эттэ
Ону булан билэргэ
Өйбүн хаһыныам этэ
Ааспыкка олоҕуран
Уруккуга тэйинэн
Онон баҕабын ситиэм
Дии сыыһа санаабытым
Дириҥэтэр туһа суох
Миэхэ урукку олох суох -
Олорбутум диэн олох
Ахтылҕана суох олох
Мин көрдьүөм атын суолу
Миигин күүтүө атын буолуу
Миигин ол эрэн эмиэ
Сордуур туох эрэ тиийбэтэ...
Comments